Якутские буквы:

Якутский → Якутский

андылаа

туохт. Андыны бултаа. Охотиться на турпана
— Ананий эбиккин дуу? — Дорообо! Эбэҕэр андылыыгын дуу? М. Доҕордуурап
Хас да ыйы-ыйынан Айанныыргын таптыыгын, Андылыыгын, хаастыыгын, Кырсалыыгын, киистиигин, Эһэлиигин, тииҥниигин. Эллэй
«Сэттэ туруйа» кэминээҕи Килэдийэр киэптэниэҕэ. Туйаарыскай туулуоҕа. Сааһыт Арамаан андылыаҕа. Баал Хабырыыс


Еще переводы:

андылан

андылан (Якутский → Якутский)

андылаа диэнтэн бэй
туһ. Чурапчы кэнники ууланна «Куохара» үрэҕэ угуттаан. Соболонно, андыланна, Аһыыллар бултаан-алтаан. Баал Хабырыыс

андылат

андылат (Якутский → Якутский)

андылаа диэнтэн дьаһ. туһ. Андрей быйыл бииргэ үлэлиир табаарыһын дойдутугар таһааран андылатта
Саас, биир-икки киһини анаан андылатан, оҥкучах хастаран, онно уурдаран баран, ыкса күһүн от үлэтэ бүтүөр диэри анды, ээбиллэ этинэн аһыыр эбиттэр. «ХС»

андылас

андылас (Якутский → Якутский)

андылаа диэнтэн холб. туһ. Доодор сотору сэрэнэ-сэрэнэ киирэн Сэргэйдээххэ андыласпыта, ыһыах саҕана атахтанара биллибитэ. В. Яковлев
Олохтоохтору кытта барсан дулҕалаах, бадарааннаах сирдэри туораан, андылаһа, ээбиллэни ыта, бултаһа сылдьарбыт. «ХС»