аат.
1. Туох эмэ (үлэ, үөрэх о. д. а.) тохтоон ылыыта, арыттаныыта, онно буолар сынньалаҥ. ☉ Перерыв, пауза (в работе, учёбе и т. п.)
Боробуос тохтуурун кытта, баара эрэ уон биэс мүнүүтэ тохтобул иһигэр …… сырсыы, тиэтэл буола түстэ. Эрилик Эристиин
Антракт — драматургическай айымньылар тус-туспа оонньууларын икки ардыгар буолар тохтобул. Г. Васильев
Пауза боростуой, сынньабыл быһыытынан тохтобул буолбатах, айымньы уобарастарын, туох буоларын ойуулааһыҥҥа көмөлөһөр. Чычып-ч.
2. Ханнык эмэ уопсастыбаннай тырааныспар тохтоон дьону түһэрэр, ылар сирэ. ☉ Место остановки общественного транспорта для высадки, посадки пассажиров
Полковник аныгыс тохтобул диэки сатыы хааман дьулуруйа турда. Амма Аччыгыйа
Оптуобус тохтобулугар кыһыл дьарҕаалаах улахан оптуобус субу күлтэһийэн тиийэн кэллэ. П. Аввакумов
Кытыл Дьурааҕа тохтобулу олохтуохха. «Кыым»
3. Таах көдьүүһэ суох туруу, боростуой. ☉ Простой (техники, рабочих)
Салайааччы тиэхиньикэ тохтобулун таһаарыа суохтаах. ЭБТ