Якутские буквы:

Якутский → Якутский

аппараҥнаа

аппай диэнтэн б
тэҥ көстүү. [Абааһы] сулларах-сулларах эккирээмэхтээн, саҥалаах буолан аппараҥныы турда. ПЭК ОНЛЯ III


Еще переводы:

малҕаһый

малҕаһый (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Түргэн хамсаныылары оҥорон хаамп (сымнаҕас эттээх-сииннээх эмис, суон киһини этэргэ). Идти, двигаться быстрым шагом (о толстом, тучном человеке)
[Боллоорутта] тугу да өйдөөбөккө аппараҥныы олорбохтоон баран, ойон туран …… иэҕэспит кириэстэрдээх киһи уҥуоҕун диэки малҕаһыйа турда. Амма Аччыгыйа

суллараҥнаа

суллараҥнаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Бэйэ көҥүлүттэн тутулуга суох улаханулаханнык түллэн, күүрэн хамсаа (хол., сирэй быччыҥнара). Непроизвольно сокращаясь, двигаться вверх-вниз (напр., о мышцах лица)
Саллаат мырдьаҕар сирэйин тириитэ үөһэ-аллара суллараҥнаата. А. Сыромятникова
Айаҕын дьаппаччы атан биир тыынынан иһэн киллиргэттэ, көмөгөйө суллараҥнаата. Ф. Постников. СУЛЛАРАХ-СУЛЛАРАХ: сулларах-сулларах эккирээ фольк. — тугуҥ барыта улахан-улаханнык дьигиһийтэлиэр диэри ыараханнык ыстаҥалаа, эккирээ. Прыгать, скакать так тяжело, что при этом сильно содрогаются все части тела
[Абааһы киһи] сулларах-сулларах эккирээмэхтээн, саҥалаах буолан аппараҥныы турда. ПЭК ОНЛЯ III
[Сытамматах сырайдаах киһибит] Кулун Куллустуур үрдүгэр — Сулларах-сулларах эккирээтэ. ТТИГ КХКК