туохт., эргэр. Доҕуһуоллаах буол, доҕуһуоллан. ☉ Иметь сопровождение
[Бассабыык баартыйата] Аан дойду аччыктарын алгыһын ылла, Айхалын артыалланна, Атын үтүөнү арыйда, Аламай сырдыгы аста, Аатыран таҕыста! Саха нар. ыр. III
Ат үллэр чаҕылҕан артыалланан, сүллэр этиҥ суорумньуланан баран истэ. Саха фольк. Аһылыкка-таҥаска Абыраллааҕы оҥорбут Ааттаах-хорсун кыргыттар Хаардаах арыы тыаларынан Артыалламмыт эбиккит. С. Зверев