Якутские буквы:

Якутский → Русский

арҕаалаа=

1) направляться на запад; 2) склоняться, клониться к закату (о солнце).

Якутский → Якутский

арҕаалаа

туохт.
1. Арҕаа саҕахха чугаһаа, киирэр сириҥ диэки санньый (күн туһунан). Склоняться, клониться к западной стороне небосклона (о солнце)
Күн арҕаалаан киэһэ буолан эрэр. П. Ойуунускай
Богуоннары бары тиэнэн бүтүүлэригэр күн лаппа арҕаалаата. С. Никифоров
Күн лаппа арҕаалаабыт, мыраан кэтэҕэр түһүөхчэ түспэккэ ыйанан турар. Л. Попов
2. Күн киирэр туһаайыытын диэки бар, арҕаа диэки бар. Направляться в сторону запада. Бүөтүр илин диэки барда, быраата арҕаалаата
Олоҕум арҕаалаата — олоҕум бүтэн эрэр, олох олорон бүтэн эрэбин. Жизнь моя кончается, жизнь моя на исходе (букв. жизнь моя приближается к западному горизонту)
«Кырыйдым, олоҕум арҕаалаата, ол да буоллар күүһүм кыайарынан үлэлии сатыыбын», — диэтэ Охоноон оҕонньор. «ХС»