Якутский → Якутский
арҕана
- аат. Киһиэхэ эбэтэр сүөһүгэ (кыылга) олоҕурбут, ааспат-арахпат ыарыы, дьарҕа. ☉ Застарелая, хроническая болезнь человека или животного
Баһылай оҕонньор арҕаната көбөн сытар. СГФ СКТ
Ээ, Хобороос Байбалабыс дьэ араас арҕаната көбөн аххан эрэрэ, көмүскээн да тугу ситиэҥий. А. Сыромятникова
△ Олоҕурбут ыарыынан ыалдьар сүөһү (кыыл). ☉ Животное, заболевшее застарелой болезнью
Бөрө ырыганы, өлөөрү гыммыты, арҕананы сиир, онон таба төрүөҕүн тупсарар дииллэр ээ үөрэхтээхтэр. И. Федосеев
- даҕ. суолт. Олоҕурбут, ааспат-арахпат (ыарыы туһунан). ☉ Хронический, застарелый (о болезни)
Ийэлэрэ бэрт өр ыалдьан, арҕана сөтөлтөн икки сыллааҕыта өлбүтэ. И. Федосеев
Тыһыынча тоҕус сүүс биэс уон биир сыллаахха АХШ-гар сүүрбэ алта мөлүйүөн киһи араас арҕана ыарыынан ыалдьаллара. «Кыым»