Якутские буквы:

Якутский → Якутский

атыырдыы

сыһ. Атыыр курдук. ☉ Как жеребец, подобно жеребцу
Дагдыылап, хаһааҕа хаайбыт атыырдыы, тыаһа өрө тилигирии түстэ. М. Доҕордуурап
Бу дьахтар уу баһан иһэрин көрдөр эрэ аҕабыыт атыырдыы кистии түһэрэ үһү. Саха ост. II
♦ Атыырдыы аккаастаа — кыккыраччы аккаастаа, ханан да дьиэк биэрбэт гына аккаастаа. ☉ Отказаться категорически и окончательно
Мин буоллаҕына атыырдыы аккаастаан кэбистим. Софр. Данилов
Атыыһыттар ааҕыннара [таһаҕас ыытаары] үүйэ туппуттарын атыырдыы аккаастаабыт. Болот Боотур


Еще переводы:

хаһаа

хаһаа (Якутский → Якутский)

аат. Сылгы сүөһүнү тыалтан, самыыртан, куйаастан хаххалыыр симии эркиннээх, үрүттээх, сыбаҕа суох тутуу. ☉ Конюшня, стойло для лошадей и жеребят
Хаһааҕа аттар турбуттар быһыылаах. Н. Якутскай
Онтон хаһаа таһыгар дьон атахтарын тыаһа иһилиннэ. Н. Заболоцкай
Дыгдаалап, хаһааҕа хаайбыт атыырдыы, тыаһа өрө лиһигирии түстэ. М. Доҕордуурап
◊ Тоҥ хаһаа көр тоҥ II
[Мотя:] Маспытын мастаан кулуҥ. Балааккабыт тоҥ хаһаа. Тоҥ хаһаа буолбут дьиэ иһин оһох уотун сылааһа сылытан эрэр. Н. Якутскай
Культура дьиэтэ уонна гостиница эмиэ тоҥ хаһаа. «Кыым»
ср. др.-тюрк. хасы ‘загон для скота, связанный из прутьев’, тюрк.-монг. кашаа, хашаа ‘забор; крытый двор; хлев’