Якутские буквы:

Якутский → Якутский

баабыскаһыт

  1. аат., эргэр. Дьахтары төрөтөргө, оҕону көтөҕөргө идэтийбит дьахтар. Женщина, умеющая оказывать помощь при родах; повивальная бабка, повитуха
    Абытай-халахай, Харалаампый, Баайаҕаттан бараҥҥын Баабыскаһытта аҕалтар. Саха нар. ыр.
  2. даҕ. суолт. Дьахтары төрөтөр, оҕо көтөҕөр. Относящийся к акушерству, повивальный
    Баабыскаһыт эмээхсин оҕотун үүс – киис тириитигэр суулаан, ийэтин баһыгар ууран баран, бэйэтэ эмиэ утуйан тоҥхойон барда. ПЭК ОНЛЯ III
    Бу дьиэҕэ, ити хаптаһын соҕуруокка хос иһигэр ийэм баабыскаһыт эмээхсин көмөтүнэн миигин оҕоломмут. «ХС»

Еще переводы:

тоҥхой

тоҥхой (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Инниҥ диэки токуччу түс, токуччу тутун (киһини, кыылы этэргэ); инниҥ диэки умса түһэн тур (хол., күөл хомуһун этэргэ). Нагибаться, наклоняться вперёд
Баабыскаһыт эмээхсин эмиэ утуйан тоҥхойон барда. ПЭК ОНЛЯ III
Тоҥмут тороххой хомустар Тоҥхойо суугунастылар. Баал Хабырыыс
Тоҕус киһи тоҥхойон туран, Кыайан олуйбат суон модун олуурдаах. А-ИМН ОЫЭБЫ
2. Дорооболоһон, сүгүрүйэн, үҥэн-сүктэн төбөҕүн умса нөрүт; бүтүн бэйэҕинэн нөрүй. Кланяться, здороваясь, выражая почтение (головой, всем корпусом); преклонить голову, колени
Соҕотох эйиэхэ Тобуктаан тоҥхойобун, Сөһүргэстээн ньүрүйэбин. А. Софронов
Кыратык оонньоон тоҥхойон, Уруккулуу эҕэрдэ биэрдэ. С. Васильев
Күтэр Уйбаан үҥэн-сүктэн тоҥхойон сытта. Н. Заболоцкай
ср. алт. тоҥкай, хак. тонъхай ‘встать на четвереньки и склонить голову; нагнуться’, монг. тонгойх ‘наклоняться; наклонять голову’