Якутские буквы:

Якутский → Якутский

балын

балый диэнтэн бэй
туһ. Хараҕын уута сүүрбүтүн билэн баран, бэйэтин чахчы балынан туран «көлөһүнүм» диэн ботугураата. Амма Аччыгыйа
Дьон барахсаттар маннык араатары өйдөөбөтөхтөрүн үөрэҕэ суохтарыгар, хараҥаларыгар балыналлар эбээт. «ХС»

үлүн-балын

туохт. Киһи сөҕүөн курдук улаатан көһүн; оргуйан, кыынньан тахсар курдук элбээ, үксээ. Быть, казаться огромным, громадным; быстро, на глазах множиться, увеличиваться в объёме
Киһи хараҕар ыраахтан быраҕыллар үрдүк кирилиэстээх улахан саҥа дьиэ үллэн-баллан олорорун көрдө. Н. Заболоцкай
Үрүҥ тунах илгэ Үллэбалла сүүрбүт. Суорун Омоллоон
Маннык уу кэлиитэ да балысхана бэрт буолар, адьас көрдөрбүтүнэн үллэн-баллан тахсар. «ХС»