Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бараалаа

туохт.
1. Туохха эмэ тэҥнээ, маарыннат. Сравнивать с кемчем-л., приравнивать к кому-чему-л. [Махсыахалыыр суруксут] Маҥан дьоруо атын миинэн баран, Баай хара тыабыттан Байбатахтаан иһэрин Маҥан күммэр бараалыы көрбүт эбиппин. Саха нар. ыр. II
2. көсп. Тугу-эмэни кэккэлэтэн субурут. Ставить что-л. в ряд, образовывать ряд из чего-л.
Маҥан чараҥ аттыгар Мандар бичик ойуулаах Матаарчах иһит бараалаата. С. Васильев


Еще переводы:

бараалан

бараалан (Якутский → Якутский)

бараалаа диэнтэн бэй
туһ. Бачымах сулус барааланан, Тунал ыйдаҥа сырдыктанан, Саҥа дьылы арыаллыырдыы, Ый устар туос тыылыы. П. Дмитриев

бараалас

бараалас (Якутский → Якутский)

бараалаа диэнтэн холб. туһ. Билигин хабдьылар үөрдэрэ тус-туһунан быданан, бараалаһан талах төрдүн аайы ыал буолар кэмнэрэ. Н. Заболоцкай
Кутан оҥорбут курдук куормалаах, Тардан таһаарбыт курдук таһаалаах, Кулуһун от курдук уҥуохтаах Манна бараалаһар буолар эбит. Саха нар. ыр. III
Улуу Ленин болуоссатыгар Модун күүстээх Муусукалар мунньуһуннулар, Баараҕай тыастаах Барабааннар барааластылар. С. Васильев