даҕ., кэпс. Аанньата суох, бөрүкүтэ суох, мөлтөһүөр. ☉ Неважнецкий, посредственный
Быһата, Мавра эмээхсин мааны кыыһа үлэҕэ барбахсыар соҕус хотун буолан тахсарга тиийдэ. М. Доҕордуурап
Эйигин аһынар сүрэҕэ суох, бэйэтин эрэ иннин көрүнэр, барбахсыар соҕус тойооску эбит дии санаатым. «ХС»
Баайдарга барбахсыар Балбаара кыыс Бастаан киирэн Массыньыыс буолбут. А. Софронов