I
бардырҕаа диэнтэн холб. туһ. Эргэрбит буораҕынан иитиллибит саалар эстэн бардырҕастылар, буулдьалара биэс уонча саһааны эрэ бараат, буору бурҕачыттылар. «ХС»
Нууччалыы үөхсэн бардырҕастылар да, Бааска быһаҕын сулбу тардан таһаарда. Н. Павлов
II
даҕ.
1. Төлүтэ биэрэр, улахан (хол., саҥа). ☉ Взрывной, громкий (напр., голос)
Уҥа диэкинэн сылдьааччы – саллайбыт бастаах, багдаллыбыт сарыннаах, бардырҕас саҥалаах, баланыйбыт сырайдаах масчыт уола мэличчи мэлигир эбитэ үһү. ПЭК ОНЛЯ I
2. көсп. Тоҕута бара сылдьар, киһи тутарын уйбат (сытыйбыт). ☉ Трухлявый
[Василий Петров:] Мин бэйэлээҕи өллөхпүнэ даҕаны, үөн-көйүүр сиэ суоҕа, оттон эн эрэйдээҕи [Мэхээс оҕонньору] чиэрбэ тиниктиэҕэ, бардырҕас күөх үөн буолан сытыйыаҕыҥ. П. Ойуунускай
Тоҥсоҕой кыыл тобулута тоҥсуйан Кумалаан оҥостубут, Түүлээх үөн үлтү кэбийэн Күөдүл эмэх оҥорбут, Маҥан үөн бары сиэн Бардырҕас эмэх гыммыт. С. Зверев
Якутский → Якутский
бардырҕас
Еще переводы: