Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бассыыбайдаа

туохт.
1. Туох эмэ дьиҥнээҕин үтүгүннэрэн, албыннаан оҥор, подделкалаа. Подделать что-л., изготовить что-л. фальшивое
Г. Егоров ыстатыйата докумуоннары араастаан хатайдаан, бассыыбайдаан, суолталарын сүтэрбит эрдэтээҕи докумуоннары кырдьыктаах курдук көрдөрөн – олоҕо суох көмүскэһэр. «ХС»
2. Сымыйанан, көрөргө эрэ тугу эмэ гыммыта буол. Делать что-л. фальшиво, для виду, фальшивить
Бэйэм иннибин көрүнэн, Биитэр аат-суол ымсыытыгар, Бассыыбайдаан, сүрэҕэлдьээн, Туора уһаты хаампатаҕым. С. Данилов