Якутские буквы:

Якутский → Русский

бассыыбайдааһын

разг. обман, фальшь; бассыыбайдааһыны таһаар = допустить фальшь.

Якутский → Якутский

бассыыбайдааһын

аат. Тугу эмэ сымыйанан, албыннаан оҥоруу. Обман, фальшь
Бассыыбайдааһыны таһаар. —Лирическэй поэзия суруйааччыга тус бэйэтигэр туһуламмыт буолан, кыратык да бассыыбайдааһыны тулуйбат. Эрчимэн
Үгүс сурук ис хоһоонун өссө бэйэтиттэн эбэн элбэх бассыыбайдааһыны оҥорбут. П. Филиппов

бассыыбайдаа

туохт.
1. Туох эмэ дьиҥнээҕин үтүгүннэрэн, албыннаан оҥор, подделкалаа. Подделать что-л., изготовить что-л. фальшивое
Г. Егоров ыстатыйата докумуоннары араастаан хатайдаан, бассыыбайдаан, суолталарын сүтэрбит эрдэтээҕи докумуоннары кырдьыктаах курдук көрдөрөн – олоҕо суох көмүскэһэр. «ХС»
2. Сымыйанан, көрөргө эрэ тугу эмэ гыммыта буол. Делать что-л. фальшиво, для виду, фальшивить
Бэйэм иннибин көрүнэн, Биитэр аат-суол ымсыытыгар, Бассыыбайдаан, сүрэҕэлдьээн, Туора уһаты хаампатаҕым. С. Данилов