Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бачырҕас

I
бачырҕаа диэнтэн холб. туһ. Эмискэ саалар бачырҕаспыттар, ким эрэ хатаннык кыламмыт. Я. Семенов
II
даҕ. Эмискэ-эмискэ, сатараабакка хабылыта барар. Резкий, трескучий, хлопающий (звук)
Сотору икки өттүттэн саа тыаһа бачырҕас буолла. Болот Боотур


Еще переводы:

сыыбырҕас

сыыбырҕас (Якутский → Якутский)

I
сыыбырҕаа диэнтэн холб. туһ. Мыраан сирэйин диэки аһыҥалар сыыбырҕаһаллар. Г. Угаров
Саҥа охсуллубут от сыта дыргыйар, дирижёр илиитэ хамсаан барбытыныы, аһыҥалар сыыбырҕастылар. З. Воскресенская (тылб.)
[Охсооччулар] Тэбис-тэҥҥэ күөрэйэн тахсар хотуурдара Чаҕылыһа оонньууллар, Сыыбырҕаһа түһэллэр. Н. Некрасов (тылб.)
II
даҕ.
1. Арыттаан, «сыы-сыы» гына иһиллэр тыастаах. Издающий прерывистые, свистящие звуки, напоминающие звук «с-с-с»
Күһүн хараҥардаҕына кус саҥата-иҥэтэ эймэҥнэс, кынат тыаһа сыыбырҕас буолааччы. У. Нуолур
Өссө туох эрэ сыыбырҕас ырыалаах, ол ырыата «оту сиэм, оту сиэм!» диэх курдук иһиллэр. И. Федосеев
Мас суорар тыастара бачырҕас. Сып-сытыы, сыыбырҕас, сардырҕас Эрбиилэр элэҥнии туойбуттар. М. Хара
2. көсп. Наҕыл, тиис быыһынан салгыны сыыйан таһааран эрэр курдук (хол., саҥа). Слабый, негромкий, с присвистом, словно сквозь зубы (напр., о манере говорить)
[Попов] эриллэ хаппыт, быыкайкаан, кыыкынаабыт куоластаах, эдэр эрдэҕинэ, бука, сыыбырҕас эбитэ буолуо. Далан
Ити курдук саныы турдаҕына, кинини онтуттан Абыраамап сыыбырҕас саҥата аралдьытта. Л. Попов
Туох эрэ сыыбырҕас саҥа баарын истибитим. В. Тарабукин