Якутские буквы:

Якутский → Якутский

биисинэс

бизнес


Еще переводы:

урбаанньыт

урбаанньыт (Якутский → Якутский)

аат. Эргиэн биисинэһинэн, эргиниинэн дьарыктанар киһи. Человек, занимающийся торговлей, предприниматель, бизнесмен
Салгыы урбаанньыттар, норуот маастардарын уонна илин эҥээр улуустар атыыларын дьаарбаҥката тэрилиннэ. «Кыым»
Кулаковскай тойотторго, баай-дуол, урбаанньыт дьоҥҥо эрэниитэ өрөбөлүүссүйэ буолуутугар улаханнык мөлтөөн тиийбитэ. «ХС»
Үгүс урбаанньыт хаачыстыбата суох аһы-үөлү, таҥаһы-сабы атыылаан, онон ас таһаарынан байдатайда. «Сахаада»

успуонсар

успуонсар (Якутский → Якутский)

аат. Дуогабардаһан баран кими, тугу эмэ үбүнэн-аһынан хааччыйар, ханнык эмэ тэрээһиҥҥэ үп-харчы өттүнэн көмөлөһөр киһи, тэрилтэ. Физическое или юридическое лицо, финансирующее кого-что-л., какую-л. деятельность, спонсор. Күрэхтэһиигэ успуонсар булуохха наада
Василий Гоголев успуонсара — Уус-Алдан оройуонун «Техкоммунэнерго» холбоһуга. «Сахаада». Успуонсардарга уонна чааһынай биисинэһинэн дьарыктанааччыларга анаан аадырыстарбытын биэрэбит. «Саха с.»

урбаан

урбаан (Якутский → Якутский)

  1. аат. Тугунан эмэ эргинии, эргиэн биисинэһэ. Занятие торговлей, бизнес
    Түмсүү аата да этэрин курдук, тимир суол кэллэҕинэ дьоҕус уонна орто урбааҥҥа сөптөөх усулуобуйаны тэрийии тула дьүүллэстилэр. «Кыым»
    Ол кэннэ «Былаас уонна биисиинэс» диэн урбааны өйүүр мунньах ыытыллыбыта. «Саха с.». Урбаан, бырамыысыланнас уонна тырааныспар салаатыттан бу нүөмэргэ эрийэн билсиҥ. «Сахаада»
  2. даҕ. суолт.
  3. Эргиэн биисинэһинэн, эргиниинэн дьарыктанар. Занимающийся торговлей, торговым бизнесом
    Саҥа табаар Сыаналааҕын, үчүгэйин Билсэр дьонноругар Уон тарбах уунуута оҥорор Урбаан бэрэдэбиэстэри Уодьуганнаан иһиэххэ. Р. Баҕатаайыскай
    Тыа хаһаайыстыбата уонна урбаан министиэристибэтэ үтүө дьыала чэрчитинэн бэриллэр үп барыта биир сыалга-сорукка туттуллуутун болҕомтоҕо ылыахтаахтар. «Кыым»
  4. көсп. Оҕуруктаах, эргитиилээх өйдөөх. Оборотистый, расчётливый. Огдообо Торговкина майгы-сигили өттүнэн эдэрдэри сатарытар урбаан өйдөөх. Р. Баҕатаайыскай
    Балааҕыйа сэмээр саныыр: «Урбаан кийиит түбэспитэ Уолбун эргиччи да тэптэ». Эрчимэн
    Суоллара-иистэрэ көстүбэт үлэлээхтэр, урбаан дьоннор биһиэхэ өссө да бааллар. Л. Габышев
    ср. монг. урвах ‘оборачиваться; передавать’