Якутские буквы:

Русский → Якутский

благозвучный

прил. кэрэтик иһиллэр, кэрэ дорҕоонноох, кэрэ тыастаах; благозвучные стихи кэрэтик иһиллэр хоһооннор.


Еще переводы:

дьүрүскэн

дьүрүскэн (Якутский → Якутский)

  1. аат. Намыыннык, биир күрүс уһуннук иһиллэр тыас (үксүн хомус тыаһын туһунан). ☉ Продолжительное мягкое, мелодичное однообразно повторяющееся звучание (обычно о звучании якутского национального инструмента - хомуса)
    Оркестр дьүрүскэнин кытары кини эт бэйэтиттэн арахсан, аҥаардас кулгаах-харах иччитигэр кубулуйан, бүттүүн үҥкүү алыбыгар ылларда. Н. Лугинов
    Ол кэрэдьикти дорҕооҥҥо, Уйадытар уус хоһооҥҥо Саха этигэн хомуһун Дьүрүскэнэ холбоһор. И. Эртюков
    Ырыа-тойук, хомус дьүрүскэнэ - бу барыта Саха сирин …… норуоттарын саргылаах санаалара буолан, Москва эбэ хотуҥҥа дуораһыйда. П. Аввакумов
  2. даҕ. суолт. Намыыннык, биир күрүс дьүрүһүйэн. ☉ Продолжительный, мелодичный, благозвучный
    Көт, саха кылыһах ырыата, Хомуһум дьүрүскэн тойуга, …… Саха дьон сүрэҕэ-санаата Холбоннун аан дойду хуоругар! Эллэй. Хомус
    Сахам хомуһа. Эн дьүрүскэн тойуккар көрөбүн: Мирнэй куорат алгыстаах Туундара аар тутууларын, Бүтэй Бүлүү Баараҕай гидростанциятын. Чэчир-76