Якутские буквы:

Якутский → Якутский

богдой

дьүһ. туохт. Санныгын ыгдатан кэтирээн көһүн. Казаться широким, имея приподнятые плечи
Кырдьаҕас санна богдойон олороро, илиилэрэ титирэстииллэрэ. В. Гаврильева
Улахан баҕайы хагдаҥ эһэ харааран богдойон турар эбит ээ! Н. Габышев
Биир богдойбут сонноох киһи саатын тута сылдьар. Л. Попов


Еще переводы:

богдолдьуй

богдолдьуй (Якутский → Якутский)

богдой диэнтэн арыт. көстүү. Оҕонньор дьиэтин диэки хааман богдолдьуйа турда

богдос гын

богдос гын (Якутский → Якутский)

богдой диэнтэн көстө түһүү. Оҕонньор өһүргэнэн богдос гына түстэ

богдос

богдос (Якутский → Якутский)

богдой диэнтэн холб. туһ. Иккиэн көхсүлэрэ богдоһон олороллор

богдот

богдот (Якутский → Якутский)

богдой диэнтэн дьаһ. туһ. Саннын богдоппутунан ойон турда

богдолун

богдолун (Якутский → Якутский)

богдой диэнтэн бэй
туһ. Оҕонньордоро туохха да кыһаммат, көхсө бэрт холкутук богдоллон иһэр. Амма Аччыгыйа
Бүөтүр оҕонньор богдоллубут көхсө уонна эйэҕэс харахтара бу баарга дылылар. В. Гаврильева
[Туллай] Бобо кыыһырда, Богдоллон таҕыста. П. Тобуруокап