Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бодьоолоо

туохт., кэпс. Бөҕүөрбүт илиигинэн эбэтэр сатаабаккыттан олус бытааннык, кыһалла-кыһалла суруй, уруһуйдаа. Писать, рисовать с огромным усилием, очень медленно из-за онемения рук или с непривычки
[Кыһалҕа] Хобороос суруйан бодьоолообут тэтэрээтин былдьаан ылан одууласта. И. Гоголев
Аркадий тордоччу тоҥон хаалбыт суумкатыттан баҕыарбыт тарбахтарынан харандааһын ороон таһааран суоттаан бодьоолоото. Далан
Ыстапаан остуолга олорон харандаас тоһоҕоһунан суруйан бодьоолоон барда. Айталын. Тэҥн. бодоолоо


Еще переводы:

бодоолоо

бодоолоо (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Атаххын туохха эмэ (хаарга, бадарааҥҥа) батары үктээн, бытааннык хаамп. Ходить медленно, глубоко погружаясь в снег или болото
Халыҥ хаары кэһэн бодоолоон тиийэн сааны сулбу ороон таһаарда. «ХС». Тэҥн. бодьоолоо

силимэтээ

силимэтээ (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Силгинэн илит. Смачивать слюной, слюнить
Хара Ыстапаан …… химическэй харандаас тоһоҕоһунан, тылын төбөтүгэр силимэтээн ыла-ыла, суруйан бодьоолоон барда. Айталын
Бүрүүкэтин уҥа буута хос сииктэммитин силимэтээн, сутуругунан өтүүктээн көннөрө сатаата. «ХС»
Эриммит бөппүрүөскэтин силимэтии-силимэтии, бэйэтин тылыттан бэйэтэ кыйаханара. К. Симонов (тылб.)