Якутские буквы:

Якутский → Якутский

борулат

тыаһы үт. туохт. Тугу эмэ улаханнык үрэн эрэр курдук тыаһат (хол., хойуу соҕус аһы эбэтэр итии чэйи киһи тыастаах баҕайытык сыпсырыйан иһэригэр). Издавать губами глуховатый, но интенсивный звук (напр., шумно вбирая сложенными в трубочку губами горячий суп или чай)
Махсыын, миин иһэн борулата-борулата, Саппырыан оҕонньору кытта үйэтигэр хайдах биирдэ иирсибитин …… туһунан сиһилии соҕус кэпсээтэ. А. Бэрияк
Туой көһүйэлээх суораты Туура салаан борулатта. Туос тууйастаах бутугаһын Туран эрэ ыйырбахтаата. К. Туйаарыскай. Тэҥн. бордурҕат