боруостаа диэнтэн хай
аата. IХ үйэҕэ диэри сорох дойдулар таҥараларын дьиэлэрэ саҥа дьылы кулун тутар сүүрбэ биэс күнүгэр «айыыны оҥорууну боруостааһын» күнүн курдук бырааһынньыктыыллара. ДьДьДь
Якутский → Якутский
боруостааһын
боруостаа
туохт.
1. Туох эмэ ахсааннаах оонньууга, төттөрү сүүйэн, сүүйтэриигин төннөр, тэҥнээ. ☉ Иметь ответный результат, успех в играх со счетом, отыгрывать. Биир кыайыыгын боруостаатым
2. кэпс. Ким-туох эмэ үтүөтүгэр хардар, үтүөтүн төлөө. ☉ Отвечать на чьи-л. добрые поступки, отплачивать
Бу уһуктаахтан ортохпуна, түрбүөннээхтэн төлөрүйдэхпинэ, кэнэҕэс үтүөтүнөҥөтүн боруостуом. «Чолбон»
Уйбаан, санаа, Дьиэҕэр аҕалбыт манньабар Өллөхпүнэ хойут, баҕар, Саалтыырбын ааҕан боруостуоҕуҥ. Дьуон Дьаҥылы
Уйбаан! Айыыны этээхтиигин ээ... Үтүөлээхпэр мөкүнэн боруостаатаҕыҥ. Эрилик Эристиин
3. Туох эмэ кыһарҕаны, накаастабылы толор (оҥорбут буруйуҥ сотулларын курдук) эбэтэр тугунан эмэ буруйгун суун. ☉ Быть полностью наказанным (за преступление и т. д.) или искупать вину, грех
Бу киһи били түөрт сыллааҕыта Маарыкчаантан, буруйун боруостаан барбыт Щербань хохол уола эбит. Эрилик Эристиин
Кини, бандьыыттаабыт буруйун-сэмэтин боруостаан, кэлин бу учаастак төһүү үлэһитэ буолар. С. Федотов
Алҕаһаабыккыт. Кэһэйиҥ! Алҕаскытын суобас суутун иннигэр боруостуоххут. Н. Лугинов
4. кэпс. Тугунан эмэ (хол., үлэлээн) туох эмэ сыанатын, суолтатын толуй. ☉ Оправдывать (своим поведением, трудом) что-л. (напр., затраты на содержание); стоить по своему значению, качествам кого-чего-л.. Киһи эрэйин боруостаабат үлэ
□ Учуутал килиэбэ — эрэйинэн кэлэр килиэп
Ол эрээри ити килиэби чахчы боруостаатым дии саныыртан ордук улахан дьол суох! Софр. Данилов
Таҥыннарар таҥаспытын, аһатар аспытын боруостаабат үлэһит этэ. Н. Якутскай
Эбэбитин биһиги икки илиибитинэн ылабыт. Аҥаардас уопутунан, сүбэтинэн даҕаны биир киһини боруостуо дии саныыбыт. Суорун Омоллоон
5. кэпс. Туох эмэ иннигэр эбээһинэскин, иэскин толор, төлөө. ☉ Выполнять свой долг перед кем-чем-л.
Оттон эһиги бары миигин батыстаххытына, Ийэ сиргитигэр иэскитин боруостаатаххытына, Мин көмүллүбүт ииммин кини булуоҕа, Мин мэҥэ тааспар суруллан уоскуйуоҕа. С. Данилов
Баабыр, өбүгэлэр үгэстэригэр сүгүрүйэр иэһин боруостаабыт киһи быһыытынан, умуһах диэки аргыый, ол эрээри чиҥ-чиҥник хардыылаабытынан барда. Н. Заболоцкай
6. кэпс. Ким эмэ тылыгар эбэтэр туохха эмэ хардар, хоруйдаа. ☉ Отвечать на чьи-л. слова или на что-л., реагировать. Киһи ыйыттаҕына эппэт, күлэн эрэ боруостуур
□ Кини хоодуот уолчаан: Икки-үс эрэ сэриилэргэ Эрэл соҕустук кыайарга, Көтүтэн өстөөххө тиийэргэ, Күлэн буомбаҕа боруостуурга. А. Пушкин (тылб.)
♦ Иэһин (иэһи) боруостаа көр иэһин төлөө
Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолан, халыҥ тириитин хайытан, хараҥа хаанын тоҕон, иэһи боруостаан көрүөм. Эрилик Эристиин
Аата, биир иэһин боруостаатаҕым. Суорун Омоллоон
Туллай ааһа көтүтэн иһэн, иэс боруостаһан, Чылбыаны эмиэ сирэйгэ кууһуннарбыта. И. Федосеев
Якутский → Русский
боруостаа=
1) расплачиваться, рассчитываться; иэстэрин боруостаабыт он расплатился с долгами; 2) мстить кому-л., рассчитываться с кем-л.; иэһин боруостаабыт он ему отомстил, он с ним рассчитался.
Еще переводы: