Якутские буквы:

Якутский → Якутский

боторооску

аат., кэпс. Саҥа улаатан эрэр уол оҕо (өссө да ситэ улаата илик диэн этии). ☉ Мальчик подросткового возраста (в ласкательно-пренебрежительном употреблении), мальчуган
Кыаммат-түгэммэт дьоннору уонна бу кинилэр курдук боторооскулары кытта киниттэн атын хайа мааны, үөрэхтээх киһи аанньа ахтан кэпсэтэрий? С. Никифоров
△ көсп. Туох эмэ ордук кыра, кэпсээҥҥэ киирбэт алын өттө. ☉ Менее значительное по важности, не заслуживающее серьезного внимания
[Атыыласпыт атым] син ол-бу боторооскулары хотор да, икки төгүл сүүрдэн, Талба улууһун ааттаах сүүрүгэр Чылбыаҥҥа хоттордум. И. Федосеев


Еще переводы:

кининник

кининник (Якутский → Якутский)

  1. даҕ., сөбүлээб. Кини курдук (сэнээн). ☉ Такой, как он
    Харчы кининник боторооску илиитигэр киирэрэ да биллибэт. Н. Неустроев
    Кининник сыакаардарга тоҕо мээнэ атаҕастатабыт? М. Доҕордуурап
  2. аат суолт., сөбүлээб. Кини курдук киһи. ☉ Такой человек, как он, подобный ему
    [Күкүр Уус:] Кининниги баспар ытыарбат да буоллаҕым дии. Суорун Омоллоон
    Кининниктэргэ дьон харда биэрэр буолбуттар. Н. Тобуруокап