Якутский → Якутский
буомча
- көр буомчу. Ытык ыйаах, одун оҥоруу, буор буомча (өс хоһ.) Бу, буомча — боһолу Уҥуордаан туораабыт киһи, Туох эрэ дойду Дьоллоох хонноҕор Холбоһуо эбитэ буолуо. Күннүк Уурастыырап
Уо! Уһун сордоохтор! Өспүт өйбүт туомун Үс хос тимир курдуу уобуруччу Бобо тута сылдьар Буомнаах бириэмэтигэр, Бу сордоох буомча Буулаан-моһуоктаан Бу айылаах оҥордоҕун! Өксөкүлээх Өлөксөй
- Куһаҕан бит. ☉ Дурная примета, дурное предзнаменование
Буоларын буоллаҕа да Буомча битим бобута тыытар, Буоһалаах баар буолуо диэн Борургуу санаабытым ээ. А. Софронов