Якутские буквы:

Якутский → Якутский

буордан

туохт.
1. Буордаах, быыллаах буол, буордуй (хол., уулусса, суол туһунан). Покрываться пылью, пылиться
Уулусса киһитэ малыйан, Бурҕайбат буорданан утуйбут. Оннооҕор, хормуоска сылайан, Куоракка уучуумпу тунуйбут. Күннүк Уурастыырап
2. Элбэх буор суураллан, будулхай өҥнөөх буол (өрүс, үрэх сайыҥҥы буордаах уутун туһунан). Становиться мутной (о воде рек во время второго летнего половодья)
Сай ортото Дьааҥы уута буорданар. Ону олохтоохтор «Булуус сыылбыт» эбэтэр «Куруҥ уута кэллэ» дииллэр. Багдарыын Сүлбэ
3. эргэр. Өлбүгэ (оттуур ходуһа) сирдэн. Иметь надел (покосный участок)
Оччугуй норуот эрэйдээх Онноманна Оҥкучах алаастар улаҕаларыгар Остуол саҕа ыһыыланан, Оччугуй лоскуй буорданан Олорбуттар этэ. Нор. ырыаһ.
4. Буорга киир, өл. Погибнуть, скончаться, умереть
[Бүөтүр:] Кулаак кутуруга буолар санаа суох. Оҕонньор бэйэтэ даҕаны «кутуруга-муоһа суох буорданыам» диир. Амма Аччыгыйа