Якутские буквы:

Якутский → Русский

бурильщик

бурильщик.

Русский → Якутский

бурильщик

м. бурильщик, буурдааччы.


Еще переводы:

үүттэтэлээ

үүттэтэлээ (Якутский → Якутский)

үүттээ II диэнтэн төхт
көрүҥ. Үүт маҥан сиэллээх, Үс сиринэн баһардаах, Үүттэтэлээн ойуулаах Үрүҥ айыы эбир хамыйаҕынан Үрүҥ толоҕу Үстэ ыстылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Саҥа бурильщик туруук таас хайалары сууххайдык тобулута үүттэтэлээбитэ. И. Данилов

үүттээччи

үүттээччи (Якутский → Якутский)

аат., геол. Сири дьөлө хастарар идэлээх киһи. Рабочий, производящий бурение, бурильщик
Үүттээччи үлэтиттэн бүтүн карьер үлэтин түмүгэ улахан тутулуктаах. КВА МГ
Фёдор дэгиттэр сатабыллаах, биллиилээх үүттээччи буоларын өйдүүрэ. СЮ ЫБ

буһуурҕаа

буһуурҕаа (Якутский → Якутский)

туохт. Үчүгэйин, туһалааҕын билэн, ордук сөбүлээ, тартар. Делать что-л. с удовольствием, с увлечением, входя во вкус
Аны туран бу киһи, кыра уол, бурильщик үлэтин буһуурҕаабыта! Оҕолуу умсугуйбута, саҥа идэни баһылыырга соруммута! И. Данилов
Кини этиитинэн, Лөгүөнтэй, Өндөрүүскэ уонна Мэхээс эмиэ буһуурҕаан туран түптэни туттар буоллулар. В. Протодьяконов
Кылбаарар бу сахха Кыыһырсар түктэри, Буһуургуу таптыахха Бу үрүҥ түүннэри. Р. Баҕатаайыскай

хаста да{ҕаны}

хаста да{ҕаны} (Якутский → Якутский)

быһ. суох солб. аат. Аҕыйаҕа суохтук (хом. суолт.). Сколько-то раз, несколько раз
Дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри эмээхсин хаста да олорон сынньанна. Амма Аччыгыйа
[Саҥа бурильщик] хаста даҕаны үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ. И. Данилов
Ол истэхтэринэ биэрэккэ хаста да саа тыаһаабыта. И. Бочкарёв

үүттээ

үүттээ (Якутский → Якутский)

I
туохт. Тугу эмэ үүтүнэн тумалаа, үүттэ кутан биэр (хол., иһэр чэйи). Заправлять, забеливать что-л. молоком (напр., чай)
Ууга кирпииччэ чэйи кутаҥҥын, Халбыйбыт үүтүнэн үүттээҥҥит, Көмүрүө саахарынан саахардаан Дьаарыҥса бурдук лэппиэскэтинэн, Остолобуой арыгынан аһатыҥ. Саха фольк. Ээ, мин чэй хойуутун таптыыбын, сүөгэй чөчөгөйүнэн үүттээн иһээччибин. М. Доҕордуурап
II
туохт.
1. Тугу эмэ дьөлөн, дьөлө хаһан хайаҕаста оҥор. Делать дыру, отверстие в чём-л.
Саһааннаах чүүччүтүн ылан үүттээбитинэн барда. Эрилик Эристиин
Улахан маастарыстыбаны дьон тааһы чочуйууга ситиспиттэрэ: сэттэ тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүгэр тааһы үүттүүргэ, кырыылыырга үөрэммиттэрэ. КФП БАаДИ
Остуолба бүтэйи бадарааннаах сиргэ балтыһах маһы үүттээн, онно туруораллар. ПАЕ ОС
2. Сири дьөлө хас (сир алын араҥаларыгар сиртэн хостонор туох туһалаах баай баарын билээри, булаары). Бурить землю вглубь (в поисках полезных ископаемых)
Бу диабаз таас хайаны бурильщиктар тобулу үүттээбиттэрин кэннэ, взрывниктар кэлэн үлтү сууһараллар эбит. Суорун Омоллоон
Буровой массыыналар таас чох кэлимсэтин, Дьөлө үүттээн, кыымнаах кыырпаҕынан бурҕайаллар. Л. Попов
Хайаҕа коронкалар буруолуу-буруолуу дьилэй дэриэспэни дьөлө ытыйан үүттүүллэрэ. М. Доҕордуурап
3. көсп. Кими эмэ тобулу, дьөлө көр. Сверлить кого-л. взглядом
Биирдэ көрө түспүтэ эмээхсин сытыы харахтарынан уолу тобулу үүттээн олорор эбит. «ХС»