Якутские буквы:

Якутский → Якутский

быалас

туохт., кэпс.
1. Кимнээх эрэ оҕолоро кэргэннии буолалларын туһунан эрдэттэн кэпсэтэн сөбүлэс. Заключить сговор о браке детей (иногда даже еще не родившихся)
Арыт ийэлэр көҥүллэринэн, ис иһинээҕи оҕолорун оһоҕостоох (хат) сылдьан кыыстаах уол буоллаҕына, эр биир холбооттуурга «быалаһаллара». БСИ ЛНКИСО. Эйиэхэ тэҥнээх кыыс оҕо суох дуо? Үөрэххин бүтэриэҥ дии. Быалаһан кэбиһиэххэ сөп этэ. А. Сыромятникова
Таня, мин эйигин, үөрэххин бүтэрдэххинэ, Коляҕа эргэ биэриэм. Кини аҕатынаан быалаһан турабыт. Д. Очинскай
2. Мөккүһэн баран сакылааттас. Держать пари
Дьэллик күһүн биирдэ, туохтан эрэ быалаһан сакылааттаһабын диэн, үс көҕөнү Куттахха [киһи аата] сүүйтэрэн кэбистэ. Н. Заболоцкай