Якутские буквы:

Якутский → Якутский

былтаҥнаа

былтай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Дьиэлээхтэр өҥөҥнөөтүлэр, былтаҥнаатылар. Суорун Омоллоон
Ол ону [сири] билигин арҕааттан Өрт баран кэлтэччи салаата, Түүннэри көрөбүн, халлаантан, Уот тыла былтаҥныы хамсаата. С. Васильев
«Суһал көмө» тиэргэнтэн Тахсан барда сэрэммиттии. Түннүгүнэн муодаргыы Былтаҥнаатылар. И. Гоголев


Еще переводы:

былтаҥнат

былтаҥнат (Якутский → Якутский)

былтаҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. [Ньирэй] тылын былтаҥната-былтаҥната, батыспытынан барар иччитин. Ф. Филиппов
Тугу эмэ көрдөрөрүн оннугар Ньообол бу да сырыыга сыччах тылын былтаҥнатта, ол аата ойуун силлээбит ытыһын кыысчаан хаһан көннөрүөхтээҕин билбэппин диэтэҕэ үһү. С. Курилов (тылб.)

былтаҥнас

былтаҥнас (Якутский → Якутский)

былтаҥнаа диэнтэн холб. туһ. Сирэн силлэҥнэһэҕит, мыынан былтаҥнаһаҕыт, мин ходуһабын түҥэтээри гынаҕыт? «ХС»
Вералаах эбиттэрэ буоллар, сыбаарка уота кыламныырын көрөн, Сергейи булаары былтаҥнаһыа, өҥөҥнөһүө этилэр. В. Яковлев
«Көрүҥ эрэ, Архаас итиннэ баар дуо?» — диэн Хаамарап көбдьүөрэн ыйытта ааҥҥа былтаҥнаспыт уолаттартан. П. Аввакумов