Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бысхалдьый

бысхай диэнтэн арыт
көстүү. Аҕыс мээрэй истээх Мас ымыйа кытыйаҕа Тобус-толору бысхалдьыйбыт Арыы саламааты Аал уот иннигэр Аҕалан олордон кэбиспиттэр. П. Ядрихинскай
Үс үөстээх Өлүөнэ өрүс, уҥуоргута биллибэт кэтит киэбэ-киэлитэ үллэҥнэччи бысхалдьыйбыт, дэбилийэ эҥсиллибит. П. Ойуунускай
Биирдэ муҥха ийэтэ кээлтэ Бысхалдьыйа, дьирибинии. С. Данилов
Хотун хаан Хоту Акыйаан, Хомолоро ыраахха тайаан, Быдан дойдунан бысхалдьыйда, Дьааҥыга тиийэ дьалкылдьыйда. Болот Боотур


Еще переводы:

бысхалдьыс

бысхалдьыс (Якутский → Якутский)

бысхалдьый диэнтэн холб. туһ. Кылааска эт тутан бысхалдьыспыт кыргыттар, туран-олорон өгдөҥөлөспүт уолаттар бааллара. «ХС»

кындыас

кындыас (Якутский → Якутский)

көр кындыа II
Оһоллоох Орто туруу дойду Ортотунан куталдьыйан, Кытыытынан бысхалдьыйан, Кындыас кыыс оҕо курдук Кыламмахтаан ылла. П. Ойуунускай

үллэҥнэччи

үллэҥнэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Түллэҥнээн, үллэҥнээн көстөр курдук. Вздымаясь (о волнах)
Үс үөстээх, үллэр дэбилгэн уулаах Өлүөнэ өрүс уҥуоргута биллибэт кэтит киэбэ-киэлитэ үллэҥнэччи бысхалдьыйбыт, дэбилийэ эҥсиллибит. П. Ойуунускай