Якутские буквы:

Якутский → Якутский

быыллый

туохт.
1. Быыл буол, быылынан бүрүлүн. Покрываться пылью, пылиться
Бу чааһынай маҕаһыын, Сөҕөҕүн дьон аҕыйаҕын. Быыллыйбыт мас сулуоннар Тураллар чуҥкуйаннар. И. Гоголев
Сотору эһиэхэ эргиллиэм Быыллыйбыт синиэлбин устаммын, Оччоҕо сиһилии сэһэргиэм Олоҕум очурдаах сылларын. И. Артамонов
«Оруобуна “сидиэнньэтинэн” абырахтаах бүрүүкэ», — диэн баран Сеня гардеробтан быыллыйбыт эргэ бүрүүкэни ороон таһаарда. Н. Лугинов
2. Быыл буол, быылга кубулуй. Превратиться в пыль
Итинник быыллыйбыт почваны структурата суох почва дэнэр. КВА Б


Еще переводы:

быыллыт

быыллыт (Якутский → Якутский)

быыллый диэнтэн дьаһ
туһ. Быыллытан ыһар раструбка носуостан сылаанганы тиксиһиннэрэллэр уонна убаҕаһы кутар, ибиирэн ыһар төбөлөөх штуцерга холбонуллар. СОТ