Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бэспэй

дьүһ. туохт. Кылгас уонна лаппа суон эбэтэр көп түүлээх буолан көһүн (үксүгэр, тыс этэрбэстээх киһи атаҕын туһунан). Быть слишком коротким и толстым (чаще о ногах в меховой обуви)
[Киил оҕонньор] маҥнай дьаарбайа сылдьан таарыйа тыйаатырыгар бэспэйэн тиийбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалара. Н. Лугинов


Еще переводы:

бэспэрий

бэспэрий (Якутский → Якутский)

бэспэй диэнтэн хамс. көстүү. Сиэгэн сиэлэн бэспэрийдэ

бэспэлдьий

бэспэлдьий (Якутский → Якутский)

бэспэй диэнтэн арыт. көстүү. Бүөккэ тыс этэрбэс кэтэн бэспэлдьийэр

бэспэҥнээ

бэспэҥнээ (Якутский → Якутский)

бэспэй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Эһэ] төбөтүн харыларыгар ньолбоччу сытан иһиллээн баран, оргууй туран туора хааман бэспэҥнээн хаалар. Амма Аччыгыйа
Саха тылыгар ити курдук быһыыны-таһааны, киэби-киэлини көрдөрөр эпитет элбэх, холобур: мөлбөрдүүр, мөлбөрөҥнүүр, туораҥныыр, бэспэҥниир, кыдьараҥныыр эҥин диэннэр. Күндэ
Киил оҕонньор наҕыл киһи быһыытынан сис туттан, оргууй аҕай хааман бэспэҥнээн истэ. Н. Лугинов