сыһ. Соччо чуолкайа суохтук (ыраахтан эбэтэр туох эмэ нөҥүө, курдат иһиллэр тыас, саҥа туһунан); олус күүскэ буолбатах эрээри, ааспакка-арахпакка (эрэйдээ — ыарыы туһунан). ☉ Не очень четко (об отдаленном или слышимом через что-л. звуке, разговорах); не очень сильно, но длительно (беспокоить — о болезни)
Сарсыарда буолла бадахтаах. Таһырдьа дьон саҥата бүтэҥитик ньамалаһан иһиллэр. Софр. Данилов
Этиҥ бүтэҥитик этэр буоллаҕына, иэрэн самыыр, оттон лаһыгыраан эттэҕинэ, дохсун ардах түһүөхтээх. ДьСИи
Эмээхсин ынаҕын хараҕын тулуйан утары көрбөт, сүрэҕэ бүтэҥитик нүөлүйэн ыалдьар. И. Гоголев
Якутский → Якутский
бүтэҥитик
Еще переводы: