Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бөрөн

  1. бөрөө диэнтэн бэй., атын туһ. Мантан инньэ сайын быстахха олорор кыра дьиэ бөрөнүөм этэ
    Кириэс маска тиириллибит Христос Тоҕо эрэ миэхэ имнэнэрэ, Купкугас бытыгын сүүмэҕэр Ынчык дуу, сонньуйуу дуу Бөрөммүт курдуга. И. Гоголев
  2. Туохха эмэ (хол., окко) сөрөн, атаххар эриллэриттэн мэһэйдэт. Путаться в ногах (напр., о густой траве). Бу оҕо соно уһуна бэрт, онтугар бөрөнөн кыайан хаампат. Таба күөлү туораары, илимҥэ бөрөнөн, ууга өлбүт
  3. кэпс. Олоҕуҥ, аһыҥ-таҥаһыҥ кыһалҕатын көрүн, муҥунан-таҥынан булан айаххын иитин (үксүн урут сыһ. туохт. ф-гар тут-лар). С трудом справляться с материальными затруднениями, кое-как сводить концы с концами (употр. большей частью в ф. соединительного деепр.)
    Оннооҕор ыта да суох ыал Чуораайыга хайдах эрэ бөрөнөн олороллор. Болот Боотур

бөрөн-таран

бөрөө-тараа диэнтэн бэй., атын
туһ. Хата, Тыла суох [киһи аата] тип-тилигирэс. Кини уонна Дьэбдьиэй баар буоланнар, син бөрөнөнтаранан олоробут. А. Данилов


Еще переводы:

бөрөнүү

бөрөнүү (Якутский → Якутский)

бөрөн диэнтэн хай. аата. Таҥаһы-сабы бөрөнүү буолла