Якутские буквы:

Русский → Якутский

взмокать

несов., взмокнуть сов. разг. (вспотеть) дэлби тирит, уу буол.


Еще переводы:

харалый

харалый (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Быыстала суох тыаһаан-ууһаан, субулла тур (элбэх сырыылаах, тэпсиллэр суол туһунан). Быть оживлённым, с интенсивным движением, шумным (о дороге)
Аттаахтар торҕо күөх алаас ортотунан харалыйан тахсар айан суолунан бурҕата турбуттара. Н. Босиков
Балаҕан ыпсатынан хара суол харалыйда. А. Сыромятникова
Онто …… киэҥ айан суола бааһынаны ортотунан үс салаа буолан харалыйан ааһар. АГГ СТК
2. Күүскэ үлэлээн-хамсаан элбэхтик тирит-хорут. Обливаться потом, работать в поте лица, взмокать от усилий
Үрүлүйэн туран муспут Үбүм-малым, сүөһүмаһым, Харалыйан туран булбут Хаарыан баайым ханна барда? Күннүк Уурастыырап
Холкуостаахтар утуйбакка үс түүн хаһыҥы утары дьаныардаахтык охсуһан, сыра бөҕөлөрө баран, харалыйбыт хара көлөһүннэрин харыстаан хааллылар. М. Доҕордуурап
«Оо, чыычааҕым сыыһа, бу үлэлээн харалыйан киирдэҕин!» — дии-дии ийэтэ уолун сүүһүттэн сыллаан ылла. Д. Очинскай