төһө ахс. аат.
1. 80 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны көрдөрөр. ☉ Восемьдесят. Аҕыс уон солкуобай. Аҕыс уон бугулу туруорбуттар
□ Аҕыс уон сэбирдэхтэн тиһиллэн оҥоһуллубут кинигэтин арыйар. Н. Якутскай
Бассабыык Серго аатынан холкуос Аҕыс уон ыалын Аарыма ууһа Арастаал диэммин. Эллэй
2. 80 сааһы көрдөрөр. ☉ Обозначает возраст — 80 лет (в притяж. ф.). Оҕонньор быйыл аҕыс уона
□ «Оттон мин аҕыс уоммун туолуохпар диэри өлбүгэм суох», — диэн чоҥкуйа кырыарбыт курдук маҥан баттахтаах Оллоон саҥа аллайда. М. Доҕордуурап
Онтон алта уоммун ааһан, Сэттэ уоммун ситэн, Аҕыс уоммун аҥаардастаан олордохпуна [ыччат дьон сааҕынаһар этилэр]. Өксөкүлээх Өлөксөй
Биһи аҕыс уоннаах аар кырдьаҕаспыт Сергей Зверев айылҕаттан тойуксут. Л. Попов
3. Норуот айымньытыгар, поэзияҕа, кэпсэтии тылыгар аллитерацияҕа дьүөрэлээн туттуллар, «үгүс, элбэх» диэн суолталаах. ☉ В фольклорной аллитерационной поэзии и разговорном языке часто употребляется в значении неопределенного множества
Дьобуруопа диэн Тоҕус уон үйэ тухары туругурбут, Аҕыс уон үйэ тухары аатырбыт, Сэттэ уон үйэ тухары силигилээбит сир аххан баар эбит ини сэгэрдээр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Аҕыс уон үрэх араллааннаан айгыстан, Айдааран-айманан киирэн, Аан ийэ дойду буолан, Аатырбыт-аарыгырбыт эбит. Ньургун Боотур
Тастыҥ дойду түөкүнүн Таас иэнинэн ыытаарыҥ, Аҕыс уон албастарын Арыйталыыр буолаарыҥ. С. Зверев