Якутские буквы:

Русский → Якутский

выключатель

м. выключатель (электричествоны холбуур, араарар оҥоһук).

выключатель

араарынньык (электрическэй тэрили (оборудование) уонна оҥоһууну (устройство) электрическэй сыапка халбуур уонна онтон араарар аналлаах аппараат. Электрическэй сүүрээн күүрүүтүн күүһүттэн, миэстэтиттэн, аналыттан көрөн А-лар араас көрүҥнэрин онороллор.)

выключатель автоматический

аптамаат араарын-ньык (электрическэй сүүрээн сыабын киһи көмөтө суох бэйэтэ араарар, холбуур оноһук. Холобура, телеграфка туһаныллар мөлтөх электрическэй сүүрээни кылгас кыл-гастык тохтотор А. а. — телеграф күлүүһэ, онтон мөлтөх сүүрээни тургэнник араара-араара холбуур А. а. — быһытталаайы (прерыватель), итинник сүүрээн хайысха-тын уларытар А. а. — коммутатор дэнэр. Оттон электрическэй ситим ноҕурууската наһаа улааттаҕына бэйэтэ араарар оноһугу харысхалык (предохранитель) дииллэр.)

выключатель высоковольтный

үрдүк күүрүү араарынньыга (үрдүк күүрүүлээх (> 500 В) электрическэй сүүрээн сыабын араарар эбэтэр холбуур аппараат. Ү. к. а. ханнык эйгэбэ (ис, тас эбэтэр умайар) ананарынан, полюстарын ахсаанынан, умайыыны тохтотор ньымаларынан, төһө тургэнник үлэлииринэн араарыллар тус-туспа араастардаах (көрүннэрдээх).)

выключатель концевой или конечный

түмүк араарынньык (станок эбэтэр оноһуу (устройство) хамсыыр чааһа бутэһик туочукаҕа тиийдэҕинэ электри-чествоны халбуур уонна араарар аналлаах аппараат.)

выключатель электрический

электрическэй ара-арынньык (тэриллэри, оноһуктары (лаампаны, оһоҕу, хамсатааччыны, трансформаторы о. д. а.) холбуурга, араарарга аналлаах аппараат. Намыһах (< 500 В) уонна үрдүк (> 500 В) күүрүүлээх электрическэй сыапка аналлаах Э. а. бааллар.)


Еще переводы:

прибор

прибор (Русский → Якутский)

сущ
прибор (холобур, компас, термометр, выключатель, о. д. а.)

рубильник

рубильник (Русский → Якутский)

уруубунньук, рубильник (500 В диэри күүрүүлээх электричество сыабын илиинэн араа-рарга аналлаах араарынньык (выключатель).)

коммутатор

коммутатор (Русский → Якутский)

коммутатор (тустаах наадыйыллар электрическэй сыаптары араарарга, холбуурга аналлаах электроннай-механическай, электроннай эбэтэр электрон сарданалаах (лучевой) оноһук (переключатель — улары-тан холбооччук, выключатель — араарынньык, распре-делитель— үллэрээччик). Холобур, уустук тэриллэрдээх түлүггүөн ыстаансыйатын биир оноһуга — К.)