дарас гын = момент.-однокр. от дарай= вдруг показаться (о человеке с очень широкими плечами).
Якутский → Русский
дарас
Якутский → Якутский
дарас гын
дарай диэнтэн көстө түһүү. Икки илиитин тиэрэ быраҕан иттэннэ, дарас гына түстэ. П. Ойуунускай
Кини кэнниттэн хараҥаттан үрдүк лейтенант дарас гына түстэ. К. Симонов (тылб.)
Еще переводы:
эрэһэ (Якутский → Якутский)
I
аат. Сиидэ, сүүр. ☉ Сито, решето
Биһиги ууну, баҕар, эрэһэнэн да баһыахпыт, эн онно аны кыһамматыҥ буоллар абырыаҥ этэ. Л. Габышев
Тиэстэни чараас гына хаптатыллар …… уһун синньигэс гына кырбаныллар, онтон куурда эрэһэҕэ тарҕата ууруллар. Дьиэ к. Тутан ылбыт тэллэйин толору симиммит эрэһэтин сүгэн баран, кугас бытыктаах хородобуой хаамар. А. Чехов (тылб.)
♦ Көтүллэр тииһим эрэһэтэ (холхото) — тыыннаах хаалбыт соҕотох оҕо туһунан. ☉ Об единственном оставшемся в живых ребёнке
Көтүрдэр тииһим эрэһэтэ (холхото) — бу! ПЭК СЯЯ. Хатан эрэһэ (эҕэһэ) көр хатан II
◊ Көмүс эрэһэ — үрүҥ көмүс курдук чаҕылхай, сырдык. ☉ Светлый, сверкающий серебром
Күнтэн — көмүс эрэһэ Күүрэр долгун дьэргэйэр. Күннүк Уурастыырап. Сулус эрэһэтэ — үөһэттэн, үрдүктэн (сулустартан) кэҥээн сырдыыр сырдык. ☉ Свет, излучение из вышины (звёзд)
Хайалартан сырдыы кэҥиир Халлаан, сулус эрэһэтэ. Күннүк Уурастыырап. Тиис эрэһэтэ — тиис миилэтин лоппоҕордоро. ☉ Твёрдый бугорок у дёсен. Хаһыы сылгытыгар үөһээ тиистэрин эрэһэтэ аллараа тиистэрин эрэһэтигэр сөп түбэһиэхтээх. Сылгыһыт с. Халлаан эрэһэтинэн — үөһэнэн (ньиргийэр тыас). ☉ Раздающийся сверху (об оглушительном шуме)
[Уот Уһутаакы] Иттэнэ дарас гына түстэ, Икки таныытын тыаһа киэҥ халлаан эҥсиллэр эрэһэтинэн Кимиэллээхтик киҥкинээбитинэн барда. П. Ойуунускай. Эрэһэ былыт — чараас, лоскуй былыт. ☉ Лёгкие, почти прозрачные облака
Ый эрэһэ былыкка саһа-саһа көстөр, Тыа быыһыгар ыллыкка Бэрт да буолар көрсөр. Баал Хабырыыс. Эрэһэ долгун — кыракый дьиримнэс долгун. ☉ Небольшая волна, рябь
«Кэлиҥ ыччаттарым, оонньооҥ, көрүлээҥ!» — диэххэ айылаах Өлүөнэ өрүс эрэһэ долгуннарынан күлэр-үөрэр. А. Сыромятникова. Эрэһэ дорҕоон — ырыа курдук дьырылас дорҕоон (хол., хомус тыаһа). ☉ Нежный певучий звук. Хомус эрэһэ дорҕоонунан туоллулар чагда, алыы сирдэр. Түһүлгэҕэ т. Эрэһэ киһи — хачаайы эрээри иҥиир күүстээх, хатан киһи. ☉ Сухощавый, но жилистый, сильный человек
Биһиги фронтовиктар, хатан — эрэһэ киһи буолуохтаах этибит. У. Нуолур
Биирэ бухатыырдыы моһуоннааҕа, атына хачаайы гынан баран хатан, эрэһэ дьүһүннээҕэ. И. Данилов. Эрэһэ моойдон — синньигэс дьүдьэх моойдоох буол. ☉ Иметь худую, тонкую шею (признак истощения)
Убайын өҥөйөн өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ, Иннэ буолан ииммит, Сүүтүк буолан сүүдүйбүт, Этирик түөстэммит, Эрэһэ моойдоммут. П. Ядрихинскай. Эрэһэ ойбон — биир-икки сиринэн уутугар диэри кыараҕастык тэһиллэр сааскы ойбон. ☉ Весенняя прорубь, где вода выступает в одном-двух узких местах (чтобы скот не проваливался). Эрэһэ тыас — олус улахан, сири титирэтэр, дөйүтэр тыас. ☉ Оглушительный, потрясающий шум, гром
Ыраас халлаантан эмискэ этиҥ саалларынааҕар да ынырык, сири-дойдуну титирэстэтэр эрэһэ тыас ньиргийэ түстэ. Н. Борисов
II
аат. Улахан сэбирилиэк. ☉ Большое сверло. Эрэһэнэн үүттээ. Саха уустара эрэһэнэн куруук тутталлара