Якутские буквы:

Якутский → Русский

даркы

нагромождение плавника (по берегам рек, озёр).

Якутский → Якутский

даркы

аат.
1. Уу аҕалан муспут маһа (өрүс, күөл кытыытыгар). ☉ Нагромождение плавника, сваленные друг на друга деревья, валежник (по берегам рек, озер)
Тэҥкэ хара тыа тэлгэһэлээх, Даркы хара тыа даллаах [тыа иччитэ]. П. Ойуунускай
Адаархай даркылаах, хара муҥурааттардаах, хаппыт үөттэрдээх үрүйэ сирдэр бардар барамматтар. Болот Боотур
Урукку мас сылбах даркылаах өрүһү Тургутан үрдүгэр бириистэн астыбыт. С. Васильев
2. Мээнэ, ыһыллаҕастык быраҕыллыбыт бөх-сах. ☉ Отбросы, мусор, беспорядочно разбросанные непригодные вещи
Дьиэ таһа барыта даркы курдук кэнсиэрбэ бааҥката этэ. Н. Габышев
Арай тиит төрдүгэр кус, куобах, туртас, балык уҥуохтарын даркыта эрэ кубарыччы хатан сыталлар. «ББ»
п.-монг. дархи


Еще переводы:

нагромождение

нагромождение (Русский → Якутский)

с. 1. (по гл. нагромоздить) өрөһелвөһүн, даркылааһын; 2. (по гл. нагромоздиться) өрөһөлөнуү, даркыланыы; 3. (груда) өрөһө, даркы, өрөһөлөнүү.

тэлгэччи

тэлгэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Киэҥник тэниччи, тэнитэ. ☉ Так, чтобы занимало большое пространство (раскинуть что-л.)
[Чүөчээски] дүлүҥ олоппос үрдүгэр былааты тэлгэччи уура-уура, ытыгар тугу эрэ бирикээстии сылдьыбыта. Суорун Омоллоон
Даркы курдук тэлгэччи Массыына бөҕө кыстанна. С. Васильев

куобай

куобай (Якутский → Якутский)

  1. аат., түөлбэ. Таба туйаҕа хайыта баран ириҥэрэр ыарыыта. ☉ Болезнь, встречающаяся у оленей (копыто раскалывается и начинает гноиться), копытница
    Таба туйаҕа уһун ардахха илийэн кэбириир, ону тааска, даркыга быһыта тэппитэ хайыта баран ириҥэрэн куобай буолар. П. Егоров
  2. даҕ. суолт. Туйаҕа хайыта баран ириҥэрбит (таба). ☉ Пораженный копытницей (об олене)
    Куобай табалары, атахсыттары эмиэ эмтииллэрэ. П. Егоров
суус гыннар

суус гыннар (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Имигэс, өҕүллүмтүө тугунан эмэ салгыны охсон, тыаһы таһаар. ☉ Производить свистящий звук, рассекая воздух чем-л. гибким (напр., хлыстом)
[Сайыына] ынахтарын Даркы анныттан булан дьиэлэрин диэки салайан баран, талах кымньыынан салгыны «суус» гыннара охсон кэбиһэ-кэбиһэ …… баран испитэ. Г. Угаров