Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дибдиргэн

аат.
1. Ньиргиэрдээх тыас-уус. Громкий шум, грохот
Соһолоонноох сутурук Содуома туолуйда Ньиргиэрдээх тиҥилэх Дибдиргэнэ тэрилиннэ. Күннүк Уурастыырап
Дириҥдалай түһүлгэм Дибдиргэнэ ньиргийбит. М. Тимофеев-Терешкин
2. көсп. Сүпсүлгэннээх улахан айдаан, аймалҕан. Тревога, шум, переполох
Нухарыйар түгэн суоҕа, Барыта дибдиргэн, аад түгэҕин курдуга. «Чолбон»
[Удаҕан уонна Кулун Куллустуур охсуһан] өлүү бөҕө дибдиргэнин түһэрдилэр. ПЭК ОНЛЯ III


Еще переводы:

соһолоонноох

соһолоонноох (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Охсуһуулаах, содуомнаах, айдааннаах. Шумный, скандальный
Соһолоонноох сутурук Содуома туолуйда, Ньиргиэрдээх тиҥилэх Дибдиргэнэ тэрилиннэ. Күннүк Уурастыырап