- аат. Элбэх тыас-уус, ньиргиэр-ньаргыар. ☉ Непрерывный громкий шум, грохот
Эрбии эмиэ элэҥнээн Иэйэ-туойа килбэҥнээтэ. Тимир арааһа лыҥкынаан Дирбиэндарбаан олустаата. С. Васильев
Дирбиэн-дарбаан, буулдьа ыйылыыра, бааһырбыт, өлөн эрэр дьоннор саҥалара сүрдээх быһыылааҕа. Ф. Софронов. Ити түгэҥҥэ иннигэр этиҥ этэринии идэмэрдээх тыас, дирбиэн-дарбаан, атах ньиргиэрэ иһиллибитэ. Эвен фольк. - даҕ. суолт.
- Ньиргиэрдээх, тыастаах-уустаах. ☉ Оглушительный, громкий, шумный. Дирбиэн-дарбаан муусука
- көсп. Аймалҕаннаах, айдааннаах, сатарыйыылаах. ☉ Шумный, беспокойный, тревожный
Эстэн бүппүт эргэ дьыл Элбэхтэри тэрийдэ, Дирбиэн-дарбаан сэрии суолун симэлитэ сатаата. Саха нар. ыр. III
Дирбиэн-дарбаан күннэргэ Дирбийэн-дарбыйан тураммыт Көнөр көҥүлү көрдүөхпүт, Көмүс солону көмүөхпүт. П. Ойуунускай
Якутский → Якутский
дирбиэн-дарбаан
Еще переводы: