туохт.
1. Тирэх, тирээбил буол. ☉ Поддерживать, помогать (физически). Икки өттүттэн өйөөн аҕаллылар. Ыарыһаҕы өйөөн туруор. Өйөөн түһэр
□ Оҕолор охто сытар киһини өйөөн туруора сатыыллар. Н. Якутскай
Арай биирдэ өйдөнөн кэлбитим: ийэм ытыы-ытыы өйөөн олордор эбит, балтым кыыс ылтаһын куруускаҕа уу аҕалан иһэрдэ сатыы турар. Эрилик Эристиин
Киириги өйөөн дьиэ иһигэр киирэллэр. С. Ефремов
2. Өй-санаа өттүнэн көмө буол, көмөлөс. ☉ Помочь, поддержать морально. Эдэр үлэһиттэри өйөө
□ — Ира, эн өйдүүргэр, миниистирдиин хайдах көрсүһүү тахсыбыт эбитий? — Иэччэхтээх
– Ол аата, Ыларов үҥсүүтүгэр өйүүр өрүттэрдээҕэ таайыллар. И. Федосеев
Сүөдээк аҕатын тылын өйөөтө. М. Доҕордуурап
Ракитин этэрээтигэр доброволецтар киириилэрэ дуона суох, онон тойонноотоххо нэһилиэнньэ үрүҥнэри өйөөбөтөх. П. Филиппов
ср. кирг. сүйө, ног. суье ‘прислонять, подпирать’