I
долгуҥнаа диэнтэн холб. туһ. Үөттэр хойуу лабаалара тыалга долгуҥнаһаллар
Сыһыыга үүммүт хойуу бэттиэмэ, өлөҥ оттор төбөлөрө эҥин араастаан долгуҥнаһаллар. Д. Таас
II
даҕ. Чэпчэкитик нуоҕаҥныыр, эйэҥниир; долгуннурар. ☉ Слегка качающийся, колыхающийся, волнующийся
Долгуҥнас солко Сымнаҕас окко, Тырахтарыыс уолга Тиийдэрбин. Эллэй
Дорообо, оо, дойдум! Долгуҥнас күөхтэргин, Үлэһит дьонноргун Көрөммүн үөрдэхпин! В. Миронов
Мин муораҕа оҥочо хачайданарын курдук, долгуҥнас тэлиэгэм сыттыгыттан тутуһан иһэн, ыппын ыҥырабын. И. Тургенев (тылб.)