аат. Ынах ыаччы, көрөөччү идэлээх, ынах ыаччынан, көрөөччүнэн үлэлиир киһи. ☉ Дояр, доярка
Эн ийэҥ холкуос бастыҥ ыанньыксыта этэ, эйигин төрөтөн баран аҕыйах хоноот, үлэтигэр тахсаахтаабыта. И. Гоголев
Манаана кинилэри күн аайы хайдах үчүгэй ыанньыксыт буоларга, ынаҕы хайдах харайарга, ынахтан хайдах элбэх үүтү ыырга уһуйара. И. Данилов. Ийэтэ сааһын тухары холкуос ыанньыксыта этэ. В. Бочкарёв