м. разг. өлөрүөхсүт.
Русский → Якутский
душегуб
Еще переводы:
сиэхсит (Якутский → Якутский)
аат., үөхс. Өлөрүөхсүт. ☉ Убийца, душегуб
[Дуугулааһап:] Бэрт үгүс көмүсчүт дууһатыгар турбут сиэхсит дииллэрэ. Н. Якутскай
Бу сиэхситтэр миигин сиэбиккит иһин, эһиги даҕаны түбэһиэххит! Эрилик Эристиин
«Аа, абам, сиэхситтэр, оттон, дьэ, бэйи…», — итиэннэ, быһахтаах илиитин даллатан, бэйэтэ нөрүччү туттан, уолга утары хаамта. Уустаах Избеков
симиэрт (Якутский → Якутский)
аат., кэпс.
1. Өлөр өлүү. ☉ Смерть, гибель
Сыакаар, туох аанньа симиэрдинэн өлбүт буолаҥҥын үчүгэй сиргэ көмүллүөҕүҥ баарай. Күндэ
Сүр ыар батталга муҥнанаҥҥын, Бастыҥ симиэркэ эн өллүҥ! Эллэй
Ол курдук Мишка [эһэ оҕото] соҕотох биир күн муҥ кырата буоллаҕына икки төгүл өлөр симиэртэн куотта. «ХС»
2. Өлүүнэн-өһүүнэн суоһуур куттал; суостаах өстөөх. ☉ Опасность, грозящая смертью; грозный, опасный враг
«Охсуһумаҥ, бэриниҥ!» — диэн Уун-утары хаамта Биэс уон сиэлэр тимир симиэрт, Биэс уон тимир тааҥка. Баал Хабырыыс
Сылгыга саамай симиэрт — бу бөрө баар. «Кыым»
«Баабыр симиэрдэ» диэн хос ааты кимнээҕэр да ордук элбэх баабыры өлөрбүтүн иһин ылбыт. В. Арсеньев (тылб.)
3. үөхс. Киһи тыыныгар турааччы хара дьай, өлөрүөхсүт. ☉ Смертоносная чёрная сила, убийца, душегуб
[Кулуутап:] Сиэри турар симиэрт, күлүмнэҕин, мин саҕаны сиэбитиҥ буолуо, сиэн кэбис, муҥнаама. Амма Аччыгыйа
[Дьэбдьиэ:] Дьэ, хайыыр эбиккин, симиэрт! Дьэ, туран мас була тахсаҕын дуу, суох дуу? Суорун Омоллоон. Ийэ сир туһа диэн Идэмэрдээх симиэртэри кытта Илбистээх охсуһууга киирсэрим. Доҕордоһуу т.
♦ Быстах симиэрт — быстах былаҕай диэн курдук (көр быстах)
Ол эрээри тоҕо мэник оҕо курдук быстах симиэрт айаҕар киирэн биэриэй? П. Ойуунускай
[Киирик:] Оттон мин буоллаҕына, кырдьык, эһиги сидьиҥ илиигититтэн быстах симиэркэ былдьанаары турабын. С. Ефремов
Баарсуох эрэлбитин, икки улахан оҕобутун, быстах симиэрт, «ыспааҥка», былдьаан барда. КН ТДь