Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дыабай

дьүһ. туохт. Уһун, синньигэс атаххын икки аҥыы киэҥник үктээн, өрө көтөҕүллэн хаалбыт курдук буолан көһүн. Быть, казаться приподнятым на широко расставленных длинных тонких ногах
Топпот кинээс атыыра дыабайан үрдүгэ, улахана да сүр. Суорун Омоллоон
Бааска хайы-үйэҕэ кэлэн дулҕа үрдүгэр тахсан дыабайан турара. Далан
Булгунньах үрдүгэр сүүһүгэр үрүҥ туоһахталаах хап-хара Харачаан дыабайан турара ыраахтан көстөрө. В. Гаврильева. Тэҥн. дыйбай

Якутский → Русский

дыабай=

образн. быть, казаться слишком высоким и длинноногим; дыабайбыт киһи высокий длинноногий человек.


Еще переводы:

дыабахачый

дыабахачый (Якутский → Якутский)

дыабай диэнтэн субул. көстүү. Ынаҕа сүүрэн дыабахачыйар

дыабас гын

дыабас гын (Якутский → Якутский)

дыабай диэнтэн көстө түһүү. Виктор Константинович дыабас гына утары туран кэллэ. Болот Боотур

дыабалын

дыабалын (Якутский → Якутский)

дыабай диэнтэн бэй
туһ. Саадьаҕай кэннигэр атаҕын өлөрбүт оҕус тыһаҕас кэлэн дыабаллан турара. Н. Заболоцкай
Дыабаллан туран эрэ тайах Эппит кыратык дархамсыйа. П. Дмитриев

дыабаҥнаа

дыабаҥнаа (Якутский → Якутский)

дыабай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Сэмэн] хап-хатыҥыр уһун сотолорун бөтөҕөлөрө дьигиһис гыныахтарыгар диэри дыабаҥнаан тиийэн уҥа ороҥҥо олордо. Амма Аччыгыйа

дыйбай

дыйбай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Илииҥ, атаҕыҥ ордук синньээн, уһаан көһүн (үрдүк көнө уҥуохтаах кыыс, дьахтар туһунан). Иметь длинные и тонкие конечности (при высоком росте и стройном телосложении). Кыыс дыйбайан киирдэ. Тэҥн. дыабай

ньалбыгыр

ньалбыгыр (Якутский → Якутский)

даҕ. Санньылыйан, намылыйан түспүт курдук, оннук көстүүлээх. Обвислый, отвислый
Дыабайбыт үрдүк уҥуохтаах, ырыган, алын уоһа ньалбыгыр хараҥа кугас ат хоннохтоохтук сиэлэн иһэр. А. Куприн (тылб.)
Кинилэргэ утары ньалбыгыр кырдьаҕас ыт олбуортан тахсыбыта. И. Тургенев (тылб.)