Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дыдыгыраа

туохт. Чугас-чугас биир тэҥ арыттаах буолан кэккэлээн көһүн (хол., туох эрэ суола, ойуута эҥин). Ложиться на что-л., отпечатываться (напр., о следах); проявляться, выступать мелкими ровными частыми рядами (напр., о следах, ребрах)
Куобах бөһүөлэк уонна өрүс ыккардынааҕы чараас ойуурга суола-ииһэ уһаты-туора дыдыгыраабыт. Э. Соколов
Кутуйах олус аччыктаабыт, ойоҕоһун уҥуохтара дыдыгыраабыттар. «ХС»
Тэбис-тэҥ суолла хааллар (хол., хаарга). Оставлять ровный след (напр., на снегу). Дьиэтин диэки дыдыгырыы турда


Еще переводы:

дыдыгырай

дыдыгырай (Якутский → Якутский)

дыдыгыраа диэнтэн хамс
көстүү. Сүүрэн дыдыгырайан кэллэ. Табаарыһым ойоҕоһун уҥуохтара дыдыгырайбыта сүрдээх. «Кыым»

дыдыгырас

дыдыгырас (Якутский → Якутский)

дыдыгыраа диэнтэн холб. туһ. Сэттиэн хотоннорун диэки дыдыгыраһа турдулар. Т. Сметанин

дыдыгырат

дыдыгырат (Якутский → Якутский)

дыдыгыраа диэнтэн дьаһ
туһ. Маҥнайгы хаар! Эдэр оҕо өттүлэрэ тиэргэҥҥэ сырсан бытарыһан тахсан, суол-иис үктээн дыдыгыраттылар. Э. Соколов