Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьабаар

туохт., кэпс., сүөл. Кимтэн-туохтан да иҥнибэккэ-толлубакка улаханнык, төтөлө суох түргэнник саҥар. Говорить слишком громко, быстро, бесцеремонно
Аан хоско Илларион саҥаран дьабаарара иһиллэр. «Көр, бу кыыһым үөрэн мичиҥнээн эрдэҕин!»- кыыс бэлэхтэн үөрэн мичиҥнээтэҕэ дии санаан хотун бэйэтэ эмиэ саҥаран дьабаарда. И. Данилов. «Харчы барахсан!» - диэн Цирюльник өрө дьабаарда уонна манньыаттарга ыстанан тиийдэ, онуоха Раджи кинини киэр аста. Индия кэпс.