даҕ., фольк. Ыга сабыллар, олус ыарахан (үксүн аан туһунан этиллэр). ☉ Плотно закрывающийся, массивный (обычно о двери)
Ол гынан баран уола дьип-хаан дьиэлин дэлби тибилэхтээн, ыар дьэс халҕанын ыыра үктээн, суон дьөлөҕөһүн олуурун тосту үктээн баран, тахсан тус илин диэки сүүрэн барбыт. ПЭК ОНЛЯ I
[Бухатыыр халҕана] Тоҕус толуу, толомон бухатыыр Тохсунньу ый буолар киэһэтиттэн Тоҕус эргэтэ буолуоҕар диэри Уларыппат дьип-хаан Олуурдаах эбит. Суорун Омоллоон