дьириминэй балык фольк. - түргэн, элэгэлдьигэс сырыылаах балык (Аллараа дойду өлүү эриэн балыгын туһунан кубулуйбат эпиитэт). ☉ Пестрая стремительная рыба (постоянный эпитет, характеризующий сказочную рыбу Нижнего мира)
Байҕалга үс үөстээх дьириминэй балык баар үһү (тааб.: туу). Өксөкү үөһэ лаахтаах, Өлүү дьириминэй балык Сиһин үөһэ Силимнээх [муос саа]. П. Ойуунускай
Төттөрү сүргүөхтээх Өлүү дьириминэй балыга буолан, Үс төгүл умсан көрдө да, Үс төгүл кураанах тахсан, Үлтү холоруктуу сырытта. П. Ядрихинскай