Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьирискэн

  1. аат. Туохтан эрэ дьигиһийэн хамсааһын. Дрожь, судороги
    Титирик орон дьирискэнэ. ПЭК СЯЯ
    Бука бу сиргэ баар кэрэ дорҕоон Эймэнитэр дьирискэнэ, Айылҕа тупсаран, талан, холбоон - Айдаҕа ырыа кэрэтин. Ол иһин туйаарар тойугуттан Ойор күндүл күн уоттанар. И. Эртюков
  2. даҕ. суолт. Дьигиһийэр, дьириһийэр. Звонкий с переливами
    Дьикти чуор, дьирискэн күөмэйдэр сир-сири Дьиэрэччи эймэхтиир этилэр. Эллэй

Еще переводы:

эймээхтээ

эймээхтээ (Якутский → Якутский)

эймээ диэнтэн атаах. Дьикти чуор дьирискэн күөмэйдэр сир сири Дьиэрэччи эймээхтиир этилэр. Эллэй
Таһырдьа чыычаах ырыата Тайҕа тыаны эймээхтээтэ. «ХС»