саҥа алл. Эмискэ тэһэ анньар курдук ыарыыттан саҥа таһаарыы. ☉ Выражает реакцию на неожиданную, острую боль
Чиэ, дьокобун! Икки ылгын таас ойоҕоһум төрүттэрэ аҕай да-а! ПЭК СЯЯ
Ыалдьар эт диэн Ынырыктаах да буолар эбит! Тохтор хаан диэн Дьоколордоох да буолар эбит. Күннүк Уурастыырап
«Айыкка-айыкка, дьоко-дьоко, баһым ыарыытыан», - Иван Иванович, бэҕэһээҥи баҥкыат баай-талым остуолугар хотторон, төбөтүн хам туттуммутунан оронугар олоро түстэ. «Кыым»